Үөһээ Бүлүүгэ мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытылынна

Мас тардыһыытыгар СӨ спорт маастара, саха норуотун үһүс спортивнай оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕа, Дыгын оонньууларын боруонса мэтээлин хаһаайына, өрөспүүбүлүкэ хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ, призера Александр Кузнецов сырдык кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыытын аһаҕас турнира спортсмен төрөөн-үөскээн ааспыт төрүт дойдутугар алтыс төгүлүн үрдүк таһымҥа ыытылынна. Улахан түһүлгэҕэ өрөспүүбүлүкэ 16 муннугуттан барыта 155 спортсмен саамай күүстээх, тыыппалаах мадьынылара күөн көрсөн күүстэрин- уохтарын холоннулар, спорт эйгэтигэр үйэ сааска умнуллубат чаҕылхай түгэннэри хааллардылар. Дараҕар сарыннаах уолаттар миэллээх ытыстарын бурҕаҥната-бурҕаҥната таһынан, хантайан ыла-ыла, дириҥник өрүтэ тыыммахтаан утарыта кэлэннэр, сири тиҥилэхтээн олоро биэрээттэрин кытта саалаҕа ыалдьааччылар хаһыылара өрө хабылла түһэр. Маннык көстүү икки күн уҕараабакка барда. Артем Варданян — Нам, ХИФУ устудьуона, эр дьоҥҥо 80 киилэҕэ кыайыылаах: — Күрэхтэһии 4 бөлөҕүнэн ыытылынна: эр дьоҥҥо, дьахталларга, бэтэрээннэргэ уонна быйыл саҥа сүүрээн быһыытынан оскуола оҕолоругар. Эдэр спортсменнар улахан түһүлгэҕэ кыттар дьон быһыытынан оттомуран, оҥостон-туттан олус интэриэһинэй киирсиилэри көрдөрдүлэр. Ол курдук, ыйааһыннарынан күрэс кэнниттэн үөрэнээччилэргэ муҥутуур кыайыылаах аатын Үөһээ Бүлүүттэн Айхал Бюлтясов ылла. Аркадий Васильев — Александр Кузнецов таайа: — Бэрт эрийсиилээх күөн көрсүһүүлэр түмүктэринэн хас биирдии ыйааһыҥҥа быйылгы күрэхтэһии бастыҥнара ааттаммыттарын эрэ кэннэ муҥутуур кыайыылаахтары быһаардылар. Ол курдук, дьахталларга Чурапчыттан Саина Седалищева кыайыылааҕынан тахсан Ороһу нэһилиэгин дьаһалтата туруорбут сүрүн бирииһинэн — холодильнигынан, эр дьоҥҥо Үөһээ Бүлүүттэн Эрчим Баппаҕай муҥутуур кыайыылаах аатын сүгэн, «Байанай» маҕаһыынтан 30 тыһыынча суумалаах сертификатынан наҕараадаланнылар. Онтон бары ыйааһыҥҥа кыайыылаахтар икки ардыларыгар бириистээх билиэти тардан ылыы быһыытынан оонньоммут сүрүн бирииһи – убаһаны Бүлүү бааттааҕа, бэтэрээн спортсмен Власий Семенов тардан ылла. Икки күннээх күрэс түмүгэ маннык буолла: 1999 сыллаах төрүөх уонна онтон кыра саастаах ыччаттар, 50 киилэҕэ диэри: 3 миэстэ — Евгений Заворин (Үөһээ Бүлүү), 2 миэстэ — Максим Лазарев (Үөһээ Бүлүү), 1 миэстэ — Дмитрий Кельциев (Хаҥалас) 55 киилэҕэ диэри: 3 миэстэ — Арылхан Егоров (Сунтаар), 2 миэстэ — Руслан Сивцев (Ньурба), 1 миэстэ — Валерий Никаноров (Мэҥэ Хаҥалас) 60 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Спиридон Ильин (Үөһээ Бүлүү), 2 миэстэ – Айаал Буртахов (Үөһээ Бүлүү), 1 миэстэ – Николай Винокуров (Сунтаар) 65 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Айсен Ботуев (Үөһээ Бүлүү), 2 миэстэ – Прокопий Архангельский (Сунтаар), 1 миэстэ – Михаил Николаев (Бүлүү) 70 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Геннадий Иванов (Бүлүү), 2 миэстэ – Сарыал Сивцев (Хаҥалас) 1 миэстэ – Николай Васильев (Мэҥэ Хаҥалас) 70 киилэттэн үөһээ 3 миэстэ – Анатолий Степанов (Ньурба), 2 миэстэ – Айан Самсонов (Бэрдьигэстээх), 1 миэстэ – Семен Киров (Хаҥалас) Эр дьон, 1998 с.т. уонна онтон үөһээ саастаахтар 60 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Роман Широких (Хаҥалас), 2 миэстэ – Степан Сосин (Бэрдьигэстээх), 1 миэстэ – Артем Зорин (Сунтаар). 65 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Александр Дмитриев (Үөһээ Бүлүү), 2 миэстэ – Дмитрий Саввин (Томпо, ХИФУ устудьуона), 1 миэстэ – Александр Кириллин (Мэҥэ Хаҥалас). 70 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Виктор Обутов (Нам), 2 миэстэ – Дьулустан Харбаев (Үөһээ Бүлүү), 1 миэстэ – Александр Пшенников («Модун» спортивнай комплекс, Дьокуускай). 75 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Афанасий Платонов (Амма), 2 миэстэ – Александр Пинигин (Мэҥэ Хаҥалас), 1 миэстэ — Станислав Иванов (Нам). 80 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Антон Тойтонов (Нам), 2 миэстэ – Дьулуур Климовскай (Үөһээ Дьааҥы), 1 миэстэ – Артем Варданян (Нам, ХИФУ устудьуона). 90 киилэҕэ диэри 3 миэстэ –Егор Баишев (Амма), 2 миэстэ – Дьулустан Ноговицын (Бэрдьигэстээх), 1 миэстэ – Владимир Трофимов (Хаҥалас). 90 киилэттэн үөһээ 3 миэстэ – Михаил Гоголев (Уус Алдан), 2 миэстэ – Семен Степанов (Таатта), 1 миэстэ – Эрчим Баппаҕай (Үөһээ Бүлүү). Дьахталларга 1998 с.т. уонна онтон үөһээ саастаахтар 55 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Сахаяна Громова (Ньурба), 2 миэстэ – Наталья Черноградская (Үөһээ Бүлүү), 1 миэстэ – Сардаана Осипова (Нам). 60 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Анна Никитина (Таатта), 2 миэстэ – Кэрэчээнэ Бродникова (Мэҥэ Хаҥалас), 1 миэстэ – Анна Терентьева (Мэҥэ Хаҥалас). 65 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Василина Ларионова (Бүлүү), 2 миэстэ – Елена Михайлова (Бүлүү), 1 миэстэ – Алина Турчина (Мэҥэ Хаҥалас). 70 киилэҕэ диэри 2 миэстэ – Саргылаана Токусарова (Ньурба), 1 миэстэ – Сардаана Романова (ҮөһээБүлүү). 70 киилэттэн үөһээ 3 миэстэ — Альбина Матвеева (Мэҥэ Хаҥалас), 2 миэстэ – Вилена Тарасова (Үөһээ Бүлүү), 1 миэстэ – Саина Седалищева (Чурапчы). Бэтэрээн эр дьоҥҥо, 1976 с.т уонна онтон үөһээ саастаахтарга 70 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Дмитрий Сергучев (Мэҥэ Хаҥалас), 2 миэстэ – Петр Ноговицын (Бэрдьигэстээх), 1 миэстэ – Николай Константинов («Модун» спортивнай комплекс, Дьокуускай) 80 киилэҕэ диэри 3 миэстэ – Василий Слепцов (Амма), 2 миэстэ – Гаврил Ботуев (Үөһээ Бүлүү), 1 миэстэ – Власий Семенов (Бүлүү). 80 киилэттэн үөһээ 3 миэстэ – Роман Слепцов (Үөһээ Бүлүү), 2 миэстэ – Василий Архипов (Сунтаар), 1 миэстэ –Андрей Винокуров (Хаҥалас). Александр Кузнецов саамай күннээн кытта, кыайа сылдьыбыт ыйааһыныгар – 75 киилэҕэ кыайбыт спортсмеҥҥа Нам улууһуттан төрүттээх Станислав Ивановка Дьокуускай куоракка бииргэ үөрэммит доҕотторо туруорбут бириистэрин – «МР» булт саатыгар сертификаты уонна Ороһу оскуолатыгар бииргэ үөрэммит оҕолоро 20000 уу харчыны кыайыылаахха биэрдилэр. Оҕолорго абсолютнай тардыһыыларга тэҥнээҕин булбатах Үөһээ Бүлүү Нам нэһилиэгиттэн тардыылаах Айхал Бюлтясовка плазменнай телевизоры үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардылар. Биһиги үйэбитигэр кылгастык да буоллар төрөөн-үөскээн, олох ололрон, Саха сирин спордун историятыгар чахчы умнуллубат, ураты түгэннэри, кыайыылары ыччакка көмүс кылаат гынан хаалларбыт оҕобут, уолбут, доҕорбут Александр Кузнецов сырдык аата, хатыламмат мөссүөнэ үйэлэргэ симэлийбэт.

Үөһээ Бүлүүгэ мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии ыытылынна
© ЯСИА.RU