«Ийэ кыыһынаан» күрэх дьон сэҥээриитин ылар

Сэтинньи 18 кунугэр Бэрдьигэстээххэ Духуобунас киинигэр Саха Сиригэр уонна Бутун Россияҕа алтынньы уонна сэтинньи ыйдарга Ийэ күнэ биллэриллибитинэн сибээстээн, күндү киһини, Ийэни чиэстээһин үтүө үгэһэ олохтонно. Бу бэлиэ күнү баттаһа Горнай улууһугар «Дочки-матери» ийэ кыыһынаан күрэҕэ бэрт тэрээһиннээхтик ааста. Бу күрэх дьиэ кэргэн политикатын өйөөн, талааннаах ыаллары, ийэлэри уонна кинилэр кыргыттарын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөр, билиһиннэрэр сыаллаах ыытылынна. Айар талаан түһүлгэтигэр 6 нэһилиэктэн барыта 152 кыттааччы, 4 көрүҥҥэ арахсан: ырыаҕа, үҥкүүгэ, дьиэ кэргэн таҥаһыгар, хаартыска күрэҕэр бэйэлэрэ туохха дьоҕурдаахтарынан кыттыыны ыллыллар. Күрэх түмүгүнэн «Вокал» номинацияҕа Атамай нэһилиэгиттэн Елена, Алина, Надя Ивановалар 1 степеннээх лауреат аатын сүктүлэр, 2 степеннээх лауреат аатын ыллылар Надежда, Дарина Румянцевалар Кировскай нэһилиэгиттэн, 3 степеннээх лауреат буоллулар Ольга, Кыыдаана, Ньургуйаана, Нарыйаана Ивановалар. Онтон «Семейная мода» номинацияҕа 1 степеннээх лауреат буоллулар Сахая, Ледиана Илюхиналар Маҕаны нэһилиэгиттэн, 2 степеннээх лауреат «Кэрэ ситимэ» эдэр төрөппүттэр уонна кинилэр оҕолорун түмсүүлэрэ Одуну нэһилиэгэ буолла. 3 степеннээх лауреат аатын сүктүлэр Сардаана дьыссаат «Сир симэҕэ» Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ. Үһүс номинациябыт «Хореография» бу түһүмэххэ 1 степеннээх лауреат үрдүк аатын ыллылар «Кыыс хотун» Духуобунас киинин иһинэн тэриллибит үҥкүү коллектива (Бэрдьигэстээх), 2 степеннээх лауреат Маҕарас орто оскуолатын иһинэн тэриллибит «Ситим» бырайыак кыттыылаахтара уонна Сахайаана, Күннэй, Анастасия Павловалар 3 степеннээх лауреат аатын суктулэр. Бүтэһик түһүмэхпит «Ийэ кыыһынаан фотоконкурс» түмүгүнэн 1 миэстэҕэ Туйаара Максимова кыргыттарынаан буоллулар (Бэрдьигэстээх) 2 миэстэҕэ Андреева Галина Егоровна (Маҕарас), 3 миэстэҕэ Аввакумова Элеонора (Бэс-күөл) кыайыыны ыллылар. 1 из 2 Куонкурспут Гран-при хаһаайыннарынан буоллулар Альбина Михайлова дьиэ кэргэнэ Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ. Күрэхпитин дьон-сэргэ олус астынна, көрөөччү сэргээтэ, инникитин даҕаны маннык тэрээһиннэр буола туруохтара диэн эрэннэрэбит.

«Ийэ кыыһынаан» күрэх дьон сэҥээриитин ылар
© ЯСИА.RU