Сунтаардар оҕо спордун сайыннарар соруктаахтар
Сунтаарга физкультура учууталлара, тренердэр улуус, үөрэх, спорт управлениеларын салалталарын кытары көрсүһүүгэ улууска оҕо спордун сайыннарыы туһунан кэпсэттилэр. Улуус баһылыга Анатолий Григорьев учууталлартан туох былааннаахтарын, инники көрүүлэрин, туох мэһэйдэр баалларын ыйытта. Кэпсэтиигэ сүрүннээн ГТО нуоруматын туттарыыга болҕомто уурулунна. Этиллибитинэн, 2017 сылтан бу нуорума үһүс түһүмэҕэ олоххо киириэхтээх. Ол эбэтэр, аны алта саастаах оҕоттон 70 саастаах кырдьаҕаһыгар тиийэ туттарыахтаахтар. Маныаха үлэһит дьоҥҥо ГТО нуоруматын туттарарга эбии уоппуска көрүллүөхтээх. Манна даҕатан эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ улууспут киинигэр ыытыллыбыт «Проблемы и перспективы развития физической культуры и спорта в условиях модернизации системы подготовки спортивного резерва в Республике Саха (Якутия)» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи I научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолбута. Манна ГТО нуоруматын сэртипикээт ылбыт физкультура учууталлара, тренердэр эрэ тутар бырааптаахтарын туһунан этиллибитэ. Учууталлар оскуолалар икки ардыларыгар спартакиадалары тиһиктээхтик тэрийдэххэ оҕо спордун күүскэ сайыннарыахха сөп диэн санааларын эттилэр. Итиннэ спартакиада түмүгүнэн оҕолору сэргэ физкультура учууталларын наҕараадалыыр тоҕоостоох буолуо дэстилэр. Оччоҕо оскуола салалтата, учууталлара оҕону спортка иитиигэ өссө күүскэ, үчүгэйдик ылсыахтара этэ диэн бэлиэтээтилэр. Итини сэргэ, нэһилиэктэргэ чулуу спортсменнарын ааттарын үйэтитэр араас күрэхтэһиилэри сотору-сотору тэрийэр наадалааҕын ыйдылар. Спорт кыһыҥҥы көрүҥнэрин сайыннарыы туһунан кэпсэтиигэ, улуус баһылыга биир эмэ оскуолаҕа анаан сыһыардахха ордук табыгастаах буолуоҕун эттэ. Онтон физруктар хаҥкыны, хайыһары саатар бачыыҥкатын эрэ да буоллаҕына, төрөппүттэр оҕолоругар бэйэлэрэ ылан биэрэллэрэ буоллар дэстилэр. «Күҥҥэ алта-сэттэ уруок тухары биир хайыһар бачыыҥкатын алта-сэттэ оҕо кэтэрэ гигиенэ өттүнэн сатала суох. Хайыһар алдьанара, үйэтэ кылгыыра чуолкай. Онтон төрөппүт оҕотугар ылан биэрэрэ буоллар, оҕо бэйэтин бас билэр тэрилин көрө-истэ сылдьыа, харыстыа этэ. Үөрэх кэнниттэн дьиэтин аттыгар хайыһардыа, хаҥкылыа да этэ», — диэн санааларын үллэһинилэр. Маны сэргэ, оскуолаларга спорт саалалара, араас спортивнай тэриллэр тиийбэттэрин туһунан кэпсэттилэр. Ыйыллыбыт итэҕэстэри хайдах туоратары дьүүллэстилэр.