Войти в почту

«Култуура уонна успуорт эстэпиэтэтэ ‒ норуоту түмэр, көлүөнэни ситимниир үтүө үгэс»

Ахсынньы 2 күнүгэр итинник ааттаммыт научнай-практическай кэмпириэнсийэ Майаҕа ыытылынна. Бу күн ыраахтан-чугастан 60 сыл устата ыытыллыбыт эстэпиэтэ кыттыылаахтара ыалдьыттааннар ааспыты ахтан-санаан аастылар. Улуустааҕы кыраайы үөрэтэр мусуойга, Ф.Г.Охлопков аатынан Майа орто оскуолатыгар эстэпиэтэттэн үүнэн-сайдан тахсыбыт норуот маастардарын киэҥ хабааннаах быыстапка тэрилиннэ. «Уус-уран самодеятельность уонна народнай коллективтар билиҥҥи кэмҥэ», «Норуот уус-уран оҥоһуктара: төрүт үгэһи сөргүтүү, үйэтитии», «Спорт нэһилиэнньэ өй-санаа, эт-хаан өртүнэн сайдыытыгар оруола», «Тыа сиригэр ыччат уонна оҕо эргиччи сайдарыгар эастафета сабыдыала», «Култуура уонна спорт эстафетатын сүрүн күүһэ ‒ общественность» диэн сиэксийэлэринэн түмсүүгэ сүүһүнэн киһи кыттан санаатын үллэһиннэ. Пленарнай мунньахха култуура уонна успуорт эстэпиэтэтин инники сайдыытын торумнастылар. Мунньахха СӨ гражданскай көҕүлээһин сайдыытын миниистирэ Сардаана Гурьева кыттыыны ылла. Мустубут дьон эстэпиэтэ сайдыытын, инники хаамыытын туһунан санааларын эттилэр. Үбүлүөйдээх эстэпиэтэ анал бэлиэтин кылааттарын киллэрсибит аҕам саастаах дьон туттулар. Киэһэтин эстэпиэтэ кыайыылаахтарын итиэннэ биир дойдулаахтарбыт Иван Степанов, Дмитрий Тихонов, Галина Шахурдина о.д.а. кыттыылаах улахан кэнсиэр көрдөрүлүннэ. 1 из 6

«Култуура уонна успуорт эстэпиэтэтэ ‒ норуоту түмэр, көлүөнэни ситимниир үтүө үгэс»
© ЯСИА.RU