Бастыҥ үөрэнээччилэри эҕэрдэлээтилэр

Сунтаар улууһун баһылыгын харыйата быйыл «Тещин язык» турбаазаҕа ыытылынна. Улууспут 26 нэһилиэгиттэн бастыҥтан бастыҥ, көхтөөх ыччаттар – 11-с кылаас үөрэнээччилэрэ бу күн баһылыгы кытары көрсүһэн, илии тутуһан үөрдүлэр-көттүлэр. Бырааһынньыкка уопсайа 130 оскуола оҕото сырытта. Олор ортолоругар олимпиада кыайыылаахтара, Грант ылбыттар, спортсменнар, туйгун үөрэнээччилэр, лидердэр ыҥырыллан сырыттылар. Кинилэри улуус баһылыга Анатолий Григорьев, үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыга Мария Кобельянова, улуустааҕы Ыччат политикатын отделын начаа-лынньыга Евгений Данилов, улуустааҕы спорт отделын начаалынньыга Семен Павлов эҕэрдэлээтилэр. Ону сэргэ күүтүүлээх ыалдьыт – Моруос оҕонньор сиэнин Хаарчаананы кытта Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэрин туттардылар. Тэрээһин үөрүүлээх чааһын кэнниттэн оҕолорго көрдөөх оонньуулар, үҥкүү-битии киэһэтэ буолла. Тэрээһин уоттаах-күөстээх салютунан түмүктэннэ. «Тещин язык» кэллэктиибигэр, дириэктэр В.Н.Ващенкоҕа, ИП Г.С. Егоровка тэрийэр хамыыһыйа уонна үөрэнээччилэр махталларын тиэртилэр. Күннэй Пахомова, Сунтаардааҕы гуманитарнай гимназия 11-с кылааһын үөрэнээччитэ: – Мин улуус баһылыгын харыйатыгар сылдьар чиэскэ тиксибиппиттэн улаханнык үөрэбин. Манна оскуола, улуус уопсастыбаннай олоҕор көхтөөхтүк кыттар буоламмын кэллим. «Сырдык эрэл» диэн оҕо түмсүүтүн чилиэнэбин. Биһиги түмсүүбүтүнэн араас тэрээһиннэри тэрийэбит, бэйэбит эмиэ кыттабыт. Инникитин устудьуон буоллахпына, оскуолаҕа ылбыт үөрүйэҕим туһалыаҕа диэн эрэнэбин. Оҕолорго мэлдьи көхтөөх, инникигэ эрэллээх буолалларыгар сүбэлиибин. Максим Петров, Элгээйи орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ: – Кыра эрдэхпиттэн тустуунан уонна хапсаҕайынан дьарыктанабын. Подмосковьеҕа баран тустаммын 2-с миэстэ буолбутум, хапсаҕайга улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах күрэхтэһиилэргэ мэлдьи миэстэлэһэбин. Инникитин үөрэххэ туттарсарбар наада буолуо дии саныыбын. Баһылык харыйатыгар барарбын истэн баран наһаа соһуйбутум. Миэхэ бу соһуччу үөрүүлээх сонун буолбута. Ньургуйаана Назарова, Сунтаардааҕы 1-кы №-дээх оскуола 11-с кылааһын үөрэнээччитэ: – Манна олимпиадаҕа кыттар буоламмын ыҥырылынным. Кыра кылаастан олимпиадаларга барыларыгар кытта сатыыбын, туйгуннук үөрэнэбин. Математикаҕа ордук элбэх ситиһиилээхпин. Баһылык харыйатын тэрээһинэ, киэргэтиитэ наһаа үчүгэй, манна кэлэн олус астынным. Үөрэҕим таһынан, «Дьоҕур» оҕо хамсааһынын чилиэнэбин. Барытыгар көхтөөхтүк кытта сатыыбын. Оскуоланы кыһыл көмүс мэтээлинэн түмүктүүр баҕа санаалаахпын. Айтал Куличкин, Куокуну орто оскуолатын 11-с кылааһыгар үөрэнэр: – Баһылык харыйатыгар биһиги нэһилиэктэн 4 оҕо кэллэ. Тэрээһин үөрүүлээх чааһа наһаа үчүгэйдик ааста. Мин научнай-практическай кэмпи-риэнсийэлэргэ ситиһиилээхтик кыттар буоламмын, улуус баһылыгын Гранын ыллым. Инникитин ХИФУ-га эбэтэр МПТИ-гэ туттарсар былааннаахпын. Биир саастыылаахтарбар эксээмэннэри үчүгэйдик туттаран, ыра санаа оҥостубут үөрэхтэригэр киирэллэригэр баҕарабын.

Бастыҥ үөрэнээччилэри эҕэрдэлээтилэр
© ЯСИА.RU