Спартакиада улуус инники сайдыытыгар олук ууруохтаах

Тохсунньу 17-18 күннэригэр 20-с Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнии боппуруостарын дьүүллэһэ СӨ Бырабыыталыстыбатын тэрийэр кэмитиэтэ кэлэн үлэлээтэ. Спорт миниистирин бастакы солбуйааччынан саҥардыы анаммыт С.С.Чердонов салайааччылаах бастакы бөлөххө «Баһылай Манчаары аатынан национальнай спорт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ» ГБТ дириэктэрэ И.Ю.Григорьев, ону сэргэ, киин исписэлиистэрэ: спартакиада кылаабынай судьуйата Семен Говоров, кылаабынай судьуйаны солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, отдел начальнига Сергей Бандеров, отдел кылаабынай исписэлииһэ Владислав Коротов федеральнай трасса устун тайаан сытар нэһилиэктэринэн тутуу объектарын кэрийэн көрдүлэр. Спорт миниистирин бастакы солбуйааччы Семен Чердонов: «Улууска баар объектары барытын көрдүбүт. Ипподром тутуутугар күүстээх үлэ сир ирдэ даҕаны саҕаланыаҕа. Стадион 60 % бэлэм турар, МФОКС үлэҕэ киириэн наада. Оонньуулар буолаары турдахтарына ыксал буолааччы, онон халлаан сылыйда даҕаны үлэни саҕалыыр наада. Лицейгэ, ону тэҥэ улуус киинин оскуолаларынан, бокса саалатыгар сүрүннээн спортсменнар кэлэн түһэллэригэр бэлэмнэниэхтэрэ. Инники буолбут оонньууларга тэҥнээн көрдөххө, дьон түһэр миэстэлэрэ бааллар. Оскуолаларынан улуустартан бэрэстэбиитэллэр, хамаандалар түһүөхтэрэ. Саамай үчүгэй баазалаах диэн Кэнтик нэһилиэгин кулуубун, оскуолатын, оҕо саадын көрдүбүт. Туох-баар санитарнай ирдэбиллэргэ барытыгар эппиэттиир. Нам нэһилиэгэр аһаҕас манежтаах стадион үлэҕэ киириэхтээх. Владимир Семенович үлэ салгыы ыытарга туһааннаах дьон, нэһилиэнньэ үөрэн-көтөн туран үлэлииргэ бэлэмин, дьаһалта даҕаны күүстээх хамсаныыны оҥорорун туһунан этэр. Саха сирин улахан оонньуута үбүлүөйдээх 20-с төгүлүн ыытыллар буолан, тэрийэр кэмитиэт, спорт министиэристибэтэ уонна олохтоох дьаһалта — бары бииргэ күүспүтүн түмэммит, хас биирдии баһылык, салайааччы бу оонньууну үрдүк таһымнаахтык ыытарга турунуохтаахпыт», — диэтэ. Салгыы «Баһылай Манчаары аатынан национальнай спорт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ» ГБТ дириэктэрэ Иннокентий Григорьев санаатын үллэһиннэ: «Бастатан туран, Үөһээ Бүлүү нэһиилиэнньэтэ, салалтата өрө көтөҕүллэн үчүгэйдик үлэлии сылдьаллар эбит диэн бэлиэтиибин. Баҕа санаалара олус күүстээҕин бэлиэтии көрдүм. Ханнык да объекка киирбиппитин иһин туох суоҕун оҥоруохпут, баар гыныахпыт, көмөлөһүөхпүт диэн олус улахан эппиэтинэстээхтэрин өйдөөн туран бэлэмнэнэллэрин биллэрдилэр. Оттон дьон бииргэ түмсэн үлэлэһэр буоллаҕына, барыта табыллыах тустаах. Иккиһинэн, үгүс объектар эргэлэр. Ону ол диэбэккэ, чуолаан оҕо саадтары наһаа үчүгэйдик көрөн-истэн, тутан олороллор эбит, биллэн турар, тупсарыныы, өрөмүөн өттүнэн элбэх үлэ барыан наада эбит. Тутулла турар объектар бэйэлэрин кэмнэринэн, график быһыытынан тутулла тураллар, үп-харчы өттүнэн тиийиммэт буолуу баара чуолкай, хас биирдии баҕарбыт баҕабыт барыта туолара кыаллара саарбах соҕус, ол да буоллар, биһиги хайдах былааннанан хамсанарбытыттан улахан тутулуктаах буолуоҕа. Правительство таһымыгар саҥа кадровай уларытыыларга сөп түбэһиннэрэн, тэрийэр комитет саҥа састаабын оҥордубут. Тохсунньу ыйтан күүскэ ылсан үлэбитин саҕалаатыбыт. Бу күнтэн ыла хас нэдиэлэ ахсын сүбэ мунньахтар түмүктэринэн быһаарыылар ылынылла туруохтара, ыытыллар үлэ тутатына отчуоттанан иһиэҕэ. Тэрийэр кэмитиэт, улуус дьаһалтата уонна нэһилиэнньэ бары бииргэ түмүллэн, хомуллан, сүбэлэһэн үлэлээтэхпитинэ күрэхтэһии буолуор диэри баар үлэни барытын түмүгэр тириэрдиэхпит диэн эрэнэбин. Манчаары оонньуулара ыытыллыбыт атын улуустарыгар тэҥнээн көрдөххө, Үөһээ Бүлүүгэ, холобур, Бүлүүгэ педколледж баазатын, Чурапчыга спортивнай институт объектарын курдук улахан объектар суохтара итэҕэс эбит. Ол да буоллар, Үөһээ Бүлүү улууһун көрөммүн олус элбэх тутуу бара турар эбит диэн сөхтүм. 20-чэ объект биир тэҥҥэ тутулла турара — бу улахан үлэ уонна ситиһии диэн сыаналыыбын. Кэнники кэмҥэ үгүс саҥа объект үлэҕэ киирбит, уот ситимэ тардылла турар, суол-иис тупсубут. Улуус туһатыгар сайдыыга суолу арыйар олус туһалаах спартакиада буолаары турар. Элбэх киһини хамсатар, улуус социальнай-экономическай балаһыанньатын тупсарар тэрээһини спортивнай эрэ хайысха курдук көрүө суохтаахпыт. Хас биирдии улуус билигин бэйэтин бодотун тардынан, дьонун-сэргэтин бэлэмнээн, спорт эрэ өттүнэн буолбакка, бары өттүнэн көстөрдүү кэлэр. Маныаха дьон-сэргэ өйдөөн туран, ис дууһаларыттан бэлэмнэнэллэрэ, көмөлөһөргө туруммуттара, бэлэмнэрэ көстөр. Уруккуттан да биллэр этэ, үөһээ бүлүүлэр аһаҕас дууһалаахтар диэн. Музейы көрдүбүт-иһиттибит, спорт өттүгэр дириҥ историялаах улууска Манчаары оонньуулара ыытыллаллара саамай сөптөөх уонна үрдүк таһымҥа ыытыллыа диэн эрэллээхпин»

Спартакиада улуус инники сайдыытыгар олук ууруохтаах
© ЯСИА.RU