Улуус олоҕо: Үөһээ Бүлүү Манчаары оонньууларыгар ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэнэр

“Сахамедиа” холдинг “Улуус олоҕо” бырайыагын чэрчитинэн Үөһээ Бүлүү улууһугар от ыйыгар ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэниини билсэр сыалтан тустаах салайааччылары кытта көрсөн кэпсэттибит. Бэлэмнэнии былааннаахтык уонна өрө күүрүүлээхтик бара турарын бэлиэтиибит. Фонда үлэлиир Үөһээ Бүлүү улууһугар быйыл олус эппиэттээх сыл үүннэ. Аны сайын ыытыллар “Манчаары оонньууларыгар” бэлэмнэнэн ырааппыттар. Улуус баһылыга Владимир Поскачин быһаччы тэрийиитинэн уонна көҕүлээһининэн күүстээх үлэ барар. “Спорт национальнай көрүҥнэригэр XX Манчаары оонньууларын өйүүр фонда” коммерческайа суох тэрилтэ РФ Юстицияҕа министиэристибэтин Саха сиринээҕи управлениетыгар уонна федеральнай нолуок сулууспатыгар 2015 сыл муус устар ыйга регистрацияламмыта. Тэрийээччилэринэн улуус дьаһалтатын сэргэ 21 олохтоох тэриллиилэр буолаллар. Тэрилтэ 4 үлэһиттээх. Салайааччытынан СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, улуус Сэбиэтин депутата Василий Ченохов буолар. — Василий Васильевич, оонньуулар урут ыытыллыбыт улуустарын да көрдөххө, “Манчаары оонньуулара” буолар улууһа балысханнык сайдар. Туох тутуулары былааннаан олороҕут? — Биһиги баҕабыт баһаам буоллаҕа. Бастаан 5 эбийиэк диэбиппит. Билигин 4 диэтибит. 2,5 сыл устата ити бырайыагы уончата эргиттибит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр хамыыһыйа 12 төгүл мунньахтаата. Үп-харчы механизма, структурата уларыйан, билигин үбүлээһин чопчу барыла суох. Ону олунньу саҥатыгар быһаарыллыа диэн күүтэбит. 3000 миэстэлээх сылы эргиччи үлэлиир стадион үлэҕэ киириэҕэ. Трибунатын аннынан чэпчэки атлетика манеһа баар буолуоҕа. Цеменин, бетонун үлэтэ бүппүтэ. 38 куб. кумах таһан бэлэмнээтибит. Трибуна адарайа бэлэм. Универсальнай спорт саалата икки саалалаах, икки этээстээх буолуоҕа, холлоҕоһо бүтэн турар. “Кинг-95” АУо бириэмэтигэр туттарар кыахтаах. Аны Нам нэһилиэгэр сайыҥҥы спортивнай былаһаакка тутуллар. Искусственнай бүрүөһүннээх, тренажердаах, быһата, ирдэбилгэ олоҕурар. Бүлүү түбэтигэр ипподром олох суох. Онон 1000 киһи олорон көрөр ипподрома тутуллуоҕа. Бу тутууга 2,5 мөл. үлэни ыыттыбыт. 1000 м аттар сүүрэр суоллара оҥоһуллар. “Танго-ВВК” ХЭТ диэн суол оҥоһуутунан дьарыктанар тэрилтэбит үлэлээтэ. СӨ Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу ипподрому тутууга 10 мөл. солк. эбии көрдө. Аны “Хапсаҕай киинэ” диэни тутар баҕалаахпыт. Быһата, олунньуга тутуу былаана уонна сметата хаттаан бигэргэниэхтээх. — Кыбаартал аайы биирдии күннээх хамнаһы биэрэргэ диэн ыҥырыы таһааран олороргутун сэргээтибит. Бу харчы ханна барарый? — Фонда бырабылыанньалаах. Ол быһаарар. Фонда үлэһиттэрэ үп-харчы киириитэ уонна ороскуоттааһына аһаҕас буоларыгар уонна бириэмэтигэр иһитиннэрэн-биллэрэн иһэргэ кыһаналлар. Ол курдук, фондаҕа үп киириитин уонна туохха туһаммыппыт туһунан нэһилиэктэр баһылыктарын иннилэригэр 2-тэ отчуоттаабытым. Хас да төгүл улуус баһылыгын планеркатыгар тэрилтэ салайааччыларыгар уонна тэлэбиидэнньэнэн, араадьыйанан, хаһыатынан нэһилиэнньэҕэ иһитиннэрии оҥордум. Дьокуускайга Үөһээ Бүлүү күннэригэр фонда үлэтин уонна үп киириитин, ороскуотун көрдөрөр стендэни дьон-сэргэ көрүүтүгэр туруорбуппут. Спортсменнарбытын өйүүргэ көмөлөстүбүт. — “Бастыҥ бырайыак” диэн грант туһунан кэпсиэҥ дуо? — Гражданскай уопсастыбаны сайыннарыыга миниистирэ Сардана Михайловна Гурьева кыттыылаах форум улууска барар кэмигэр 1 мөлүйүөн суумалаах “Манчаары оонььууларыгар” бэлэмнэниигэ “Бастыҥ бырайыак” диэн грант олохтообута сонуннук көһүннэ. Бу тэрээһиҥҥэ 9 түөлбэ, 14 уопсастыбаннай тэрилтэ, 5 киһи кыттаннар анал хамыыһыйа быһаарыытынан 12 бырайыак бастыҥынан ааҕыллыбыта. Итилэр олоххо киирэллэригэр үп бэрилиннэ. Бу тэрээһинтэн тирэхтэнэн 2 түөлбэҕэ оҕо былаһаакката оҥоһулунна, улуустааҕы библиотека өрөспүүбүлүкэттэн эбии 1 мөл. грант ылан, оонньуулары көрсө “Суруйааччылар ыллыктара” диэн улахан сквер туттара сылдьар. Сырдатар үлэ оруола улахан Фонда ордук “Манчаары оонньуулара” сүрүннээн ыытыллыахтаах Үөһээ Бүлүү, Андреевскай сэлиэнньэлэрин ис-тас көрүҥнэрин тупсарыыга сүрүн болҕомтотун уурар. Маныаха фонда исписэлииһэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Георгий Степанов быһачы эппиэттээх. Ол курдук, бөһүөлэк иһигэр 7 км асфальт тэлгэннэ, 14 дьиэни таһыттан сыбыы сылдьаллар. Уулуссаларга 302 лаампаны ыйаабыттар. Сааскы-сайыҥҥы ыйдарга көҕөрдүү үлэтин ыыппыттар. 802 маһы, 12 палисаднигы оҥордулар. Бөһүөлэккэ 5 уопсай субуотунньугу тэрийбиттэр. Манна 40 тиэхиньикэ үлэлээбит. 1530 куб. араас бөх-сыыс, 20 т араас хаарбах тимир хомуллубут. Субуотунньуктар кэмнэригэр итии аһылыгы тэрийиини, үлэлиир тиэхиньикэлэри уматыгынан хааччыйыыны фонда быһаччы үбүлээбит. Аны сайын элбэх сибэккини үүннэриэхтэрэ. Маныаха петунияны табыгастаах дииллэр. “Нэһилиэктэр сквердэрэ диэн баар буолуохтаах. Фонда ыраастааһын, чэбдигирдии үлэтигэр улуустааҕы Айылҕа харыстабылын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Экология аан дойдутааҕы, Бүлүү эбэ күннэригэр аналлаах, “Күөх Россия” экологическай хамсааһын чэрчитинэн барбыт субуотунньуктар улууска айылҕа харыстабылын инспекциятын үлэһиттэрин көхтөөх кыттыыларынан барбыта. Дьону көҕүлээһиҥҥэ иһитиннэрэн-биллэрэн иһии олус көмөлөөх. Ол иһин “Саха” НКИК ханаалларынан, улуустааҕы “Үөһээ Бүлүү” хаһыатынан Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнии хаамыытын киэҥник сырдатарга кыһанабыт”, — диэн кэпсээтэ Георгий Степанов. Бары биир киһи курдук “Улуус олоҕо” бырайыак кыттыылаахтара “Манчаары оонньуулара” ыытыллара улахан хамсааһыны таһаарбытын көрдүбүт. Маныаха улуустааҕы спорт управлениетын начаалынньыга Егор Николаев өҥөтө эмиэ улахан. Билигин управление оонньууларга бастыҥ спортсменнарын кыттыннарарга сүүмэрдиир турнирдары ыытар. Аны сайын хапсаҕайга уонна гиирэҕэ 2 хамаанданы туруорар баҕалаахтар. Кэнники ыытыллыбыт икки оонньууга улуус хамаандата мэтээлэ элбэх этэ. Онон спорт өттүгэр түмүк баар буолан эрэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Ону 4 улахан Кубогы -сахалыы остуол оонньуулара, хапсаҕай, гиирэ, хотугу многоборье — кыайбыттара да туоһулуур. “Олунньу 1 күнүттэн сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр саҕаланыахтара. Спорт сайдыытыгар тиэхиньикэнэн хааччыллыы эмиэ улахан оруоллаах. Бэйэбитигэр оптуобустаах буолан абыранныбыт уонна спорду улуус дьаһалтата өйүүрэ бигэ тирэх буолар. Онон тустаах фонданы кытта хаалбыт кэмнэргэ өссө күүстээх бэлэми ыытыахтаахпыт”, — диэтэ Егор Николаев. “Улуус олоҕо” бырайыак чэрчитинэн аныгыс таһаарыы Россияҕа биллэриллибит Экология сылыгар “Тоҥуочаан” экологическай-чинчийэр лааҕыр бастыҥ уопутун кэпсиэхпит.

Улуус олоҕо: Үөһээ Бүлүү Манчаары оонньууларыгар ыалдьыттары көрсөргө бэлэмнэнэр
© ЯСИА.RU