Дүпсүҥҥэ уонна Өнөргө дьон олоҕун тупсарар объектар үлэҕэ киирдилэр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков кулун тутар 10 күнүгэр Уус-Алдан улууһугар үлэлээтэ. Спикер Дүпсүҥҥэ уонна Өнөргө улахан кыамталаах саҥа хочуолунайдар аһыллыыларын үөрүүлээх тэрээһиннэригэр кыттынна. Дүпсүҥҥэ В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Духуобунас киинэ тутуллан, быйыл күһүн үлэҕэ киириэхтээх. Бу тупсаҕай оҥоһуулаах, икки мэндиэмэннээх таас объегы сылааһынан хааччыйар саҥа хочуолунайга өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматынан үп көрүллэн, «Евростройсервис» тэрилтэ үрдүк хаачыстыбалаахтык тутууну ыытта. Тэрилтэ Дүпсүҥҥэ иккис объегар үлэлэстэ, бу иннинэ 2014 сыллаахха нэһилиэккэ өссө биир хочуолунайы киллэрбитэ. Тутуу символическай күлүүһүн “Евростройсервис» тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Руслан Яндеев «СӨ ОДьКХ» улуустааҕы филиалын Дүпсүннээҕи учаастагын начальнига Виктор Чемезовка туттарда. Объекка киирэр аалай лиэнтэни Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков, Уус Алдан улууһун баһылыга Алексей Федотов, ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Гаврил Левин, «СӨ ОДьКХ» ГУП генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Юрий Сутемьев уо.д. быстылар. Александр Жирков саҥа хочуолунай арыллыбытынан нэһилиэк олохтоохторун эҕэрдэлииригэр манныгы бэлиэтээн эттэ: – В.В.Никифоров-Күлүмнүүр төрөөбүтэ 150 сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ ылыныллыбыт бырагыраама олоххо киириитин биир түһүмэҕин бэлиэтээри бу күҥҥэ муһуннубут. Дүпсүн нэһилиэгэр В.В.Никифоров – Күлүмнүүр аатын сүгэр саҥа объекка өрөспүүбүлүкэ статустаах эбии үөрэхтээһин киинэ үлэлиэҕэ. Бу дьиэни тутуу Дүпсүн дьонун-сэргэтин, улуус салалтатын туруорсуутунан саҕаламмыта уонна үчүгэй хаачыстыбалаахтык ыытыллан, үлэ түмүктэнэн эрэр. Улахан тутууну сылааһынан хааччыйыахтаах хочуолунай социальнай объектарга, ону сэргэ бу эргин олорор ыаллар дьиэлэригэр холбонуо. Нэһилиэк сайдыытын быһаарар тутууга үлэлэспит дьону уонна Дүпсүн сирин олохтоохторун үөрүүлээх түгэнинэн эҕэрдэлиибин. Александр Жирков бу тутуу барыытын сүрүннээбит «СӨ ОДьКХ» ГУП кылаабынай инженерин бастакы солбуйааччыта Афанасий Готовцевка Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун туттарда. Маннык Махтал суругунан Дүпсүн нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Егор Соловьев наҕараадаланна. Улуус баһылыга Алексей Федотов дьон-сэргэ олоҕун тупсарар, нэһилиэк «тэбэр сүрэҕэ» буолар объект киирэр кыахтаммытынан Ил Түмэн спикерэ Александр Жирковка, ОДьКХ уонна энергетика миниистирэ Гаврил Левиҥҥэ, «СӨ ОДькКХ» салалтатыгар махтанна. СӨ Дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыбатын уонна энергетикатын миниистирэ Гаврил Левин бу объект СӨ инвестиционнай быраагырааманан үбүлэнэн киирбитин, салгыы хаалбыт үлэни ситэрэргэ 14,4 мөл.солк. көрүллүбүтүн иһитиннэрдэ. Маны сэргэ улууска быйыл өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан Кэптэнигэ хочуолунай тутулларын, итиэннэ Бороҕон илин өттүгэр ититэр пуун арыллыахтааҕын, онон чааһынай дьиэлэри киин ситимҥэ холботторуу салҕанан барыаҕын туһунан эттэ. «СӨ ОДьКХ» улуустааҕы филиалын дириэктэрин солбуйааччы Василий Рожин бэлиэтээн эппитинэн, саҥа хочуолунай 4,95 Гкал/ч (5,76 МВт) кыамталаах, Күлүмнүүр аатынан комплексы, балыыһаны, оҕо саадын уонна Алданскай уулусса чааһынай дьиэлэрин барытын сылааһынан хааччыйар сорук турар. Дүпсүҥҥэ Александр Жирков В.В.Никифоров-Күлүмнүүр аатынан саҥа кииҥҥэ үлэ хаамыытын билистэ. Тутуу сүрүн өттө бүтэн, оборудованиены таҥыы ситэриллэр, дизайн үлэтэ оҥоһуллуохтаах. Өрөспүүбүлүкэтээҕи эбии үөрэхтээһин киинин концепциятыгар улуус дьаһалтата, Үөрэх уонна наука министиэристибэтэ үлэлэһэллэр. Аны күһүн саҥа үөрэх дьылыгар объект үлэҕэ киириэҕэ. Бу кэнниттэн Александр Николаевич ыаллыы Өнөр нэһилиэгэр тиийэн, Россия Геройа Михаил Стрекаловскай аатынан Өнөр орто оскуолатыгар, олохтоох библиотекаҕа, музейга сырытта. Оскуола икки мэндиэмэнээх эргэ дьиэтэ хаарбах туруктанан, сабыллыаҕыттан үөрэнээччилэр оскуолаҕа сөбө суох үс объегынан, сорохтор икки сменаҕа тарҕанан үөрэнэллэр. Төһө да усулуобуйа эппиэттэспэтин иһин, Өнөр үөрэнээччилэрэ улуус уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар олимпиадаларга үчүгэйдик кыттан, бириистээх миэстэлэргэ сылдьаллар. Спикер учууталлары, үөрэнээччилэри кытта кэпсэттэ, кылаастары көрдө. Бу күн Өнөр нэһилиэгин олохтоохторун ыра санаалара туолан, «Эрэл» киин хочуолунай үөрүүлээхтик аһылынна. Урукку эргэ киин уонна балыыһа хочуолунайдарын 4,33МВт (3,72 Гкал/ч) кыамталаах объект солбуйда. «СӨ ОДьКХ» улуустааҕы филиала хаһаайыстыбаннай ньыманан тутан үлэҕэ киллэрдэ. — Саҥа хочуолунай инникитин нэһилиэккэ тутуллуохтаах социальнай объектарга, итиэннэ олохтоох дьон дьиэтигэр сылааһы биэриигэ көмөлөөх буолуо. Биллэн турар, тэрилтэ бэйэтин кыаҕынан тутууну ыытара быдан ыарахан. Онуоха «СӨ ОДьКХ» ГУП филиала, улуус салалтата, олохтоохтор күүскэ ылсыһаҥҥыт, үс сылы кыайбат кэмҥэ бу үлэ ситиһилиннэ. Өнөр сиригэр улахан тутуулар саҕаланан эрэллэрин саҥа объект киирбитэ туоһулуур уонна олук буолар, — диэн Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков бэлиэтээн эттэ. Спикер Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин Махтал суругун олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын Өнөрдөөҕү учаастагын начальнига Петр Ушницкайга, үлэ бэтэрээнэ Иннокентий Лукачевскайга туттарда. Салгыы улууска сырыытыгар Александр Жирков Россия Үлэҕэ Геройа Михаил Готовцев аатынан Танда агро-хайысхалаах орто оскуолатын быйыл 125 сыллаах үбүлүөйүгэр бэлэмнэнии боппуруоһугар мунньаҕы ыытта. Мунньахха Тандаттан «Удьуор» бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта, Үлэ Геройа Михаил Готовцев, Танда орто оскуолатын дириэктэрэ Надежда Охлопкова, Байаҕантай нэһилиэгин баһылыга Иннокентий Иванов кытыннылар. Улуус баһылыга Алексей Федотов иһитиннэрбитинэн, оскуола үбүлүөйэ балаҕан ыйын 16 күнүгэр буолара былааннаммыт. Үбүлүөйгэ бэлэмнэнии улууска 2015 сылтан саҕаламмыт. Оскуолаҕа икки сыл устата 6 мөл.солк суумалаах капитальнай өрөмүөн ыытыллыбыт. Федеральнай бырагырааманан 4895,6 тыһ. солк. оскуола спортивнай саалата өрөмүөннэммит. Улуустан 500 тыһ. солк. эбии үбүлэммит. Оскуола дьиэтин кырыыһата саҥардыллыбыт, түннүктэрэ, муостата, уот ситимэ уларытыллыбыттар, туалет, душ киллэриллибит. 1 из 9 Оскуола дириэктэрэ Надежда Охлопкова этэринэн, муоста, истиэнэ оҥоһуллубутунан, оскуола дьиэтэ лаппа сылыйбыт. Оскуола тас өттүн сырдатыыга үлэлэһиэхтэрэ. Үбүлүөйү көрсө «Киэн тутта ааттыыбыт» кинигэни бэчээккэ бэлэмнииллэр. “125 бастыҥ выпускник», «Оскуола бэтэрээнэ» анал бэлиэлэр олохтонуохтара. Нэһилиэк дьаһалтата «Оскуола 100 сыла» обелисканы саҥардар. Үлэ Геройа Михаил Готовцев кини салайар хаһаайыстыбатыгар, саҥа хотонугар оскуола оҕолоро кэлэн үөрэнэллэрин, тыа хаһаайыстыбатын академиятын устудьуоннара практика баралларын кэпсээтэ. Онон оскуола агро-хайысхалааҕынан, фермаҕа базаланарыгар, оҕолору үөрэтиигэ туһалаах буолуоҕар этии киллэрдэ. Мунньах кыттыылаахтара спортивнай былассаакка, МТЗ тыраахтар ылыллыытыгар көмө оҥоһулларыгар этиилээхтэр. Онон оскуола 125 сыллаах үбүлүөйүгэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар болҕомто ууруллан, үлэ барыытын кэпсэттилэр. Улуус киинигэр Александр Жирков спорт эйгэтигэр үлэлиир уопсастыбанньыктары кытта көрсөн, улууска физическэй култуура уонна спорт сайдыытын, Үөһээ Бүлүүгэ Манчаары оонньууларыгар уонна эһиил Аммаҕа Саха сирин норуоттарын спортивнай оонньууларыгар улуус кыттыытын боппуруостарын дьүүллэстилэр. Уус Алдан улууһа спортка биир күүстээх улууһунан биллэр. Бу ситиһиини билиҥҥи кэмҥэ чиҥэтэргэ үлэ утумнаахтык барар. Соторутааҕыта Бороҕоҥҥо 700-кэ киһи кыттыылаах мас тардыһыыга өрөспүүбүлүкэ чемпионатын тэрийэн ыыттылар. Улуус хамаанданан бастакы миэстэни ылла, Федерация кубогын хаһаайынынан буолла. Н.Тарскай аатынан тустуу чемпионатыгар иккис миэстэҕэ, быйыл волейболга,теннискэ, буулдьанан ытыыга иккис, футболга үһүс миэстэҕэ тахсыбыттара. «Азия оҕолоро» алтыс норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга улуустан 28 оҕо кыттан, 13 оҕо мэтээли аҕалбыта. Бу Дьокуускай куорат кэнниттэн үрдүк көрдөрүү. Оҕоҕо икки спорт оскуолата үлэлиир, 42 тренер спорт 13 көрүҥэр эдэр спортсменнары дьарыктыыр. Оскуола материальнай базата ситэтэ суох. Ханна үчүгэй база тэриллэр сиригэр, ол үлэ түмүгэр тута көстөр. Онон тренердэр сөптөөх база баар буолуутун аныгы кэм ирдиирин эттилэр. Маныаха Мындаабаҕа тустууга спортсаала арыллыбытынан, оҕолор эрчиллэр усулуобуйалаах буолбуттарынан, кэлиҥҥи икки сылга көрдөрүүлэрэ тубуста. Быйыл Чараҥҥа уонна Тиит-Арыыга спортсаалалар үлэҕэ киирдэхтэринэ, улуус 20 нэһилиэгэ спортивнай объегынан хааччыллыылаах буолуоҕа.

Дүпсүҥҥэ уонна Өнөргө дьон олоҕун тупсарар объектар үлэҕэ киирдилэр
© ЯСИА.RU