Сунтаардааҕы «Хаар айан» күрэхтэһии арҕаа улуустар таһымнарыттан өрөспүүбүлүкэни хабар былааннаах

Сунтаар улууһугар «Тойбохой» сопхуос тэриллибитэ 50 сылыгар аналлаах «Хаар айан-2017» УАЗ автошоу Тойбохой сыһыытыгар буолан ааста. Урукку өттүгэр Бүлүү бөлөх улуустарын күрэҕэ диэн буолар эбит буоллаҕына, быйыл Мииринэйтэн, Ленскэйтэн, Өлүөхүмэттэн сайаапка киирбитэ. Күрэҕи тэрийээччи Леонид Саввинов эһиилги «Хаар айаны» өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытар былааннаах. Этиини улуус баһылыга Анатолий Григорьев өйөөбүт. Онон, мантан ыла Саха сирин арҕаа улуустарын күрэҕэ диэн буолар буолла. Санатан эттэххэ, «Хаар Айан» күрэх өрөспүүбүлүкэҕэ 14-с сылын, оттон Сунтаар улууһугар 6-с төгүлүн ыытыллар. Быйылгы күөн көрсүүгэ Нам, Өлүөхүмэ, Ньурба уонна Сунтаар улуустарыттан уопсайа 18 экипаж кытынна. Урукку сылларга Бүлүү бөлөх улуустарын күрэҕэр тэҥнээхтэрин булбатах Нам улууһун «Бурнаши» хамаанда бу сырыыга ыҥырыылаах ыалдьыт быһыытынан сырытта. Быйылгы күрэх уратытынан, «Тойбохой» сопхуос 50 сылыгар анаммыт буолан, сопхуос отделениелара үлэлээн олорбут нэһилиэктэриттэн сылдьар экипажтар икки ардыларыгар туһунан куоталаһыы ыытылынна. Манна нэһилиэктэр дьаһалталара бэйэлэрэ бириис туруордулар. Бүлүү бөлөххө «Хаар айаны» тэрийээччи Леонид Саввинов «Саха – балаҕаннаах, саха – быһахтаах уонна саха–УАЗ-таах!» диэн туран күрэҕи саҕалаата. Массыынаны киэргэтиигэ «Назад в СССР» диэн тиэмэ талыллыбыт буолан кыһыл былаах, И.В. Сталин, В.И. Ленин мэтириэттэрин хото туттубуттар. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан бу көрүҥҥэ «Кутана» экипаж кыайыылаах таҕыста. Бастакы айан – «Автобиатлон». Экипажтар эрдэттэн талан ылбыт сэрэбиэйдэринэн иккилии буолан ким түргэн сырыылааҕын, бэргэнин быһаараллар. Бэлиэтэммит сиргэ диэри айаннаан тиийэллэр, онтон пневматическай саанан түөрт сыалы табан баран төттөрү төннөллөр. Манна тэрийээччилэр алҕастарын «ыалдьааччылар» бэлиэтии көрбүттэрин этэр тоҕоостоох. Кофе бааҥкатын сыал гынан уурбуттара үстэ-түөртэ да таппыт иһин охтубата, биллэн турар, бириэмэҕэ охсор. Ол да буоллар, бу көрүҥҥэ 1 мүн. 13 сөк. көрдөрөн, «Темная лошадка» (Ньурба) кыайыылааҕынан таҕыста. Иккис үчүгэй көрдөрүүлээх «Дьөһөгөй» (Уһун Күөл) экипаж 1 мүн. 17 сөк. кэллэ. Кинилэр кэннилэриттэн 7 дэһээтэйинэн хаалан «Антигелик» (Ньурба) экипаж үһүс миэстэҕэ тигистэ. «Автобиатлоҥҥа» ким бэргэнин быһаарбыт эбит буоллахтарына, түһүмэҕинэн соһуулаах айаҥҥа хайалара быһый атахтааҕа, түргэн туттуулааҕа билиннэ. Нам улууһун «Фортуна» хамаандата 2 мүн. 30 сөк. биэтэги булан I миэстэни ылла. «Патриоттар» (Ньурба) 2 мүн. 45 сөк. кэлэн II миэстэҕэ таҕыстылар. Оттон III миэстэни, эмиэ сөкүүндэни кыайбатынан хаалан, «Навигатор» (Ньурба) экипаж ылла. Үһүс көрүҥҥэ – түргэн айаҥҥа Нам «Фортуната» эрэллээхтик кыайда. Көрдөрүүтэ – 1 мүн. 1 сөк. Намнар кэннилэриттэн, эмиэ сөкүүндэҕэ тиийбэт арыттаах, Ньурбаттан сылдьар «Патриот» (1:04:33) уонна «Булчут» (1:04:58) экипажтар кэллилэр. «Хаар айан» сүрүн киэргэлэ «Супер-экстрим» күрэх бүтэһик айанынан буолла. Хаара киһи сототунан да буоллар, чигди буолан биэрдэ. Улахан эрийсиилээх киирсии манна көрдөрүлүннэ. «Кутаналар» инники күөҥҥэ кэлэн иһэллэрин көрөн, сунтаардар ыалдьаллара күүһүрэр. Ол эрэн, биэтэги көрөн олорон массыыналара алдьанан хаалла. Ол кэннэ «Темная лошадка» (Ньурба) утарсааччыларын ырааҕынан хааллартаан, кыайыылаах аатын ылла уонна улуус баһылыга А.В. Григорьев туруорбут 100.000 солк. суумалаах наҕараадатын тутта. Кинилэр кэннилэриттэн биир дойдулаахтара «Антигелик» хамаанда биэтэккэ кэлэн суолун ыраастыы сырыттахтарына, эмиэ инники күрэхтэргэ курдук, кыл мүччү быһа түһэн «Росомаха-1» (Өлүөхүмэ) II миэстэни, икки тэлэбиисэри ылла. «Антигелик» (Ньурба) III миэстэ буолан, «Туймаада-нефть» туруорбут 10.000 солк. суумалаах бэнсиин сэртипикээтин тутта. «Супер-экстрим» түмүгүнэн «Тойбохой» сопхуос отделениеларын күрэҕэр I миэстэни былырыыҥҥы «Супер-экстримҥэ үһүс кэлбит «Дьөһөгөй» (Уһун Күөл), II миэстэни «Дакар» (Тойбохой), III миэстэни «Уһун Күөл» ыллылар. Бу курдук «Тойбохой» сопхуос тэриллибитэ 50 сылыгар анаммыт «Хаар айан-2017» УАЗ автошоу үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Ньурбалар күүстээх хамаандалаах кэлэн мэтээл бөҕөтүн хомуйан бардылар. Оттон биһиги, сунтаардар, эһиилги «Хаар айаны» кэтэһэбит.

Сунтаардааҕы «Хаар айан» күрэхтэһии арҕаа улуустар таһымнарыттан өрөспүүбүлүкэни хабар былааннаах
© ЯСИА.RU