Силээннээххэ сааскы күнү көрсө сэргэх күннэр-дьыллар

Силээннээххэ муус устар ортотугар өрө көтөҕүллүүлээх, үөрүүлээх-көтүүлээх, дьиҥ бырааһынньыктыы күннэр аастылар. Ыччат сылыгар анаммыт тэрээһиннэр спорка көхтөөх күрэхтэһиинэн саҕаланнылар. Ол курдук, көҥүл тустууга Усуйаана улууһуттан аан бастакынан Сэбиэскэй Сойуус спордун маастарын үрдүк аатын ылбыт, элбэх ыччаты иитэн-үөрэтэн таһаарбыт бэртээхэй тренер – Давид Николаевич Голиков аатын үйэтитэр сыаллаах-соруктаах оҕолорго көҥүл тустууга 10 ыйааһыҥҥа күүрээннээх күрэхтэһии буолан ааста. Кылбар кыайыылардаах, тыҥааһыннаах киирсиилэргэ Депутатскайтан уонна Уйаандьыттан төрүттээх оҕолор силээннээхтэри кытта кииристилэр. Уопсайа 38 бөҕөс кытынна. Кинилэр истэригэр суос-соҕотох кыыс оҕо, Цыпандина Аселя күрэхтэһиигэ уолтаттары кытта тэҥҥэ киирсэн, спорду сэҥээрээччилэри, кэлбит ыалдьыттары сөхтөрдө уонна “Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ” анал аат хаһаайката буолла. Хапсыһыы кыайыылаахтарыгар уонна инникитин кэскиллээх, талааннаах эдэр тустууктарга: Яков Санниковка, Ефимов Робертка, Давыдов Маратка, Рожин Иллариоҥҥа уонна Голиков Валентиҥҥа Давид Николаевич Голиков сыралаахтык эрчийбит, бэйэлэрин кэмигэр улууспутугар, өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ тустубут, биллибит, билигин спорт бэтэрээннэрэ, Илья Никулин, Николай Слепцов, Анатолий Николаев, Николай Николаев, Афанасий Рожин туруорбут анал сыаналаах бириистэрэ туттарыллан, үөрдүлэр-көттүлэр. Сарсыныгар Силээннээх орто оскуолата төрүттэммитэ 85 сылыгар аналлаах дьиҥ-чахчы өрөгөй үөрүүлээх Билии бырааһынньыга, көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ олус тэрээһиннээхтик уонна аһары долгутуулаахтык ыытылынна. Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрин үөрүүлээх параадын аан бастаан 1944 сыллаахха Силээннээх оскуолатын үөрэнэн бүтэрэрбиттэр тэбис-тэҥҥэ хаамсан киирэн арыйдылар. Параады Аммосова Вера Дмитриевна салайда. Кини уруккуттан оскуолаҕа пионерскай этэрээт солбуллубат баһаатайа буоларын быһыытынан, хааман киириини хамаандалааһына үгүстэргэ оскуола, оҕо саас умнуллубат үтүө, ыраас, сырдык кэмнэрин истиҥник уонна олус долгутуулаахтык санатта. Көрсүһүү үөрүүлээх линейкатын кэнниттэн, тута кылаас чаастара буоллулар. Кылаастарынан чаастары английскай тыл учуутала, Олесова Л.Н. “Сүрэхпин оҕоҕо биэрэбин» СӨ куонкуруһун II дипломана; СӨ «Психолог-педагог—2017” куонкурус кыайыылааҕа, «Саха сирин Эрэлэ» бэлиэ хаһаайката Степанова Ж.Н., улууспутугар ыытыллыбыт идэҕэ куонкурус кыайыылааҕа, «Эдэр учуутал» бэлиэ хаһаайката Климовская Н.И., эмиэ улууспут күрэхтэһиитин бастыҥа «Эдэр учуутал» бэлиэ хаһаайката, нуучча тылын уонна литературатын учуутала Боппосова М.С., үрдүк категориялаах, СӨ үөрэҕин туйгуна, Российскай Федерация уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ Макарова В.Е. олус сэргэхтик, ылыннарыылаахтык уонна бары көлүөнэлэр, кылгас да кэмҥэ, үөрэммит оҕо саастарыгар эргиллэн ылалларын курдук гына кылаас чааһын олус истиҥник ыытан ыалдьыттары улаханнык долгуттулар, уйадыттылар. Ити курдук Силээннээх оскуолатын араас сылларга бүтэрбиттэр ирэ-хоро сэһэргэһэн, ахтылҕаннарын таһааран, дьоллоох оҕо саастарын санастылар, оччотооҕу кэм ырыаларын ыллаан-туойан, үҥкүүлэрин үҥкүүлээн-битийэн, күлэн-салан, үөрэн-көтөн, оччотооҕу кэмнэрин санаан, үөрэппит учууталларын кытта кэпсэтэн, кинилэргэ барҕа махталларын, алгыстарын тиэртилэр. Өрөбүл күн айылҕа барахсан дьоннуун-сэргэлиин үөрбүтүнэн уһуктан, сып-сырдык күннээх, ып-ыраас халлаан сылаастык сыдьаайан, чахчы да үтүөкэн, кэрэ бырааһынньык күһнэ үүммүтүн туоһулаата. Силээннээххэ үгэс буолбут Күстэх-2017 күрэхтэһиитэ сарсыарда 8 чаастан саҕаланна. Күстэх балыктааһына Силээннээх нэһилиэгэр төрүт дьарык. Ону сайыннарар, чиҥэтэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҕник билиһиннэрэр сыаллаах-соруктаах туһуттан, сыл аайы бу тэрээһини өссө кэҥэтэн, сайыннаран элбэх киһини хабан ыыта сатыыбыт. Бырааһынньыгы саҕалыах иннинэ, бастатан туран, Силээннээх Эбэни үтүө-мааны тылынан алҕааһын буолла. Алгысчыт Христофор Павлович Ефимов Силээннээх Хотун Эбэни арыылаах-сыалаах алаадьынан аһатан, үрүмэлээх үүтүнэн күндүлээн Үрдүк Айыылартан бар дьонугар-сэргэтигэр дьол, доруобуйа, табыллыы тосхойорун туһугар ааттаһан-көрдөһөн алгыс эттэ. Күрэскэ уопсайа 9 хамаанда кыттыыны ылла. Ол иһигэр Депутатскайтан үс хамаанда: социальнай үлэ, үөрэх, спорт хайысхаларын үлэһиттэрин хамаандалара кытыннылар. Киһи эрэ астынар гына үчүгэйдик тэриллибит күрэхтэһии түмүгэ маннык буолла: Бастакы күстэҕи күрэхтэһии саҕаламмыта 55 сөк. ааһыыта, Яна Николаева хаптаран бастыҥ анал аатын ылла. “Саамай кыра күстэх” хаһаайынынан Депутатскай хамаандатын бэрэстэбиитэлэ Рожин Родион буолла. Кыра күстэххэ быйылгы көрдөрүү кээмэйэ 14,5 см тэҥнэстэ. “Саамай улахан күстэх” анал аат кыайыылааҕынан улахан үөрүйэхтээх балыксыт Розалия Николаева буолла. Күстэх устата 22,5 см. Хамаанданан түмүккэ элбэх балыктаах I миэстэлээх Николаевтар дьиэ кэргэн хамаандата (Сайылык), II миэстэ – “Соһуччу” (Депутатскай), III миэстэ – Голиковтар хамаандалара (Сайылык) буолан үөрүү-көтүү өрөгөйдөөтө. Бырааһынньыгы спортивнай күрэхтэһиилэр салҕаатылар. Кыттыыны 6 хамаанда ылла: Сайылык-1, “Бэрт Хара»; Сайылык-2, “Кэскил”, ДИПИ, “Дьулуур” (Депутатскай), МБУ УРУО (Депутатскай). Күргүөмнээх куоталаһыы спорт араас көрүҥнэригэр эстафета быһыытынан ыытылынна. Ол курдук, бастакы кыттааччы тоҥуу хаарынан сүүрүүгэ, иккис – ыарахан ыйааһыннаах кууллаах таһаҕаһы сүгэн сүүрүүгэ, үһүс – муус көтөҕөн баран сүүрүүгэ, төрдүс – сүүрэн тиийэн мас хайытыыга, бэһис – сүүрэн тиийэн сыалы таба быраҕыыга күөн көрүстүлэр, илин-кэлин түһүстүлэр. Бу көрүҥҥэ үөрэх управлениетын сүүмэрдэммит хамаандата бастаата, иккис – ДИПИ, үһүс – “Дьулуур” (Депутатскай) хамаандата буоллулар. Салгыы хамаандалар хомуур хапсаҕайга кииристилэр. Манна “Дьулуур” (Депутатскай) хамаандата тэҥнээҕин булбата, иккискэ – Сайылык-1, «Бэрт Хара”; үһүскэ – “Кэскил” (Сайылык) таҕыстылар. Күрэһи түмүктүүр бүтэһик көрүҥҥэ хамаандалар канат тардыһыыга илин-кэлин түсүһэн тириттилэр-хоруттулар. I миэстэ – Сайылык-1, «Бэрт Хаара”, II миэстэ — “Дьулуур” (Депутатскай), III миэстэ — “Кэскил” (Сайылык) буоллулар. Онтон сыралаах-сылбалаах күрэс хамаандалар икки ардыларыгар уопсай түмүккэ маннык баһаарылынна: I миэстэ – “Дьулуур” (Депутатскай) II миэстэ – Сайылык-1 Бэрт Хара (Сайылык) III миэстэ –үөрэх салалтатын сүүмэрдэммит хамаандата (Депутатскай) Быйылгы бырааһынньыкка күрэхтэһии сонун көрүҥнэринэн сүгэ быраҕыыта уонна буранынан уустук мэһэйдэри туорааһыннаах куоталаһыы буолла. Балары дьон-сэргэ улаханнык сэргээтэ. Сүгэ быраҕыытыгар 22 кыттааччыттан 55 м ыраахха быраҕан Степанов Петр (Сайылык) эрэллээхтик бастаата, иккис – Рожин Родион (Депутатскай) 46,6 м бырахта, үһүс – Горохов Валентин (Депутатскай) 46,0 м быраҕан бириистээх миэстэҕэ тигистэ. Буранынан күрэскэ 7 кыттааччы баарыттан араас мэһэйдэри, ол иһигэр эрийэ-буруйа сүүрдүүгэ, үөһэ-аллара түһүүгэ-тахсыыга, араас уустук эргийиилэри сатабыллаахтык туорааһыҥҥа, 1 км усталаах трассаны 1 мүн. 58,2 сөк. кэлэн Степанов Игорь (Депутатскай) бастаата, иккискэ 2 мүн.0,03 сөк. көрдөрүүлээх Горохов Айаал (Сайылык) таҕыста. 2 мүн.11,2 сөк. көрдөрүүлээх Слепцов Дмитрий (Сайылык) үһүстээтэ. Түмүккэ уолаттар 3 ыйааһыҥҥа мас тардыһыыга 15 буолан күрэхтэстилэр. Эрбии тииһин курдук эгил-тэгил киирсии маннык түмүктэннэ: 62 кг: I миэстэ – Рожин Бэргэн (Сайылык), II миэстэ – Голиков Валентин (Депутатскай), III миэстэ – Рожин Родион (Депутатскай). 74 кг диэри: I миэстэ – Степанов Петр (Сайылык), II миэстэ – Дьячковскай Иван (Сайылык), III миэстэ – Рожин Владимир (Сайылык). 74 кг үөһэ: I миэстэ – Филиппов Дмитрий (Депутатскай), II миэстэ – Горохов Валентин (Сайылык), III миэстэ – Рожин Илларион (Сайылык). Бу көрүҥҥэ муҥутуур кыайыылаах үрдүк аатын Рожин Илларион (Сайылык) ылла. Киниэхэ анал бириис туттарылынна. Күүрээннээх, сытыы спортивнай күрэстэри сэргэ, Силээннээх нэһилиэгин олохтоох түөлбэлэрэ бэйэлэрин икки ардыларыгар түһүлгэни симээһиҥҥэ, киэргэтиигэ күрэстэстилэр. Бастакы миэстэни элбэх хаар оҥоһуктаах “Сарыал” түөлбэ (сал. Колосова С.П.) ылла. Иккис миэстэҕэ “Хочоолку балыксыта” хаар композицияны туруорбут “Эрэл” түөлбэ (сал. Лебедева Т.И.), үһүскэ “Сордоҥ төбөтө” хаар оҥоһуктаах “Кэскил” түөлбэ (сал. Кычкина Д.А.) буоллулар. Маннык киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэри ыытарага күүс-көмө буолбут спонсордарга махтал үтүөтүн, эҕэрдэ эйэтин этиэххэ наадалаах уонна Уйаандьы нэһилиэгин баһылыга А.З.Лебедев, Саха НКИК улустааҕы филиалын салайааччы Т.Я.Семенова, олохтоох предпринимателлэр Ефимова О.С., Кычкин А.Е., Депутатскай предпринимателлэрэ Нестерова Л.В., Пущало В.В., Усть-Куйгаттан – Ефименко Л.С., дьиэ кэргэн аатыттан Никита Христофорович уонна Надежда Аполлоновна Слепцовтар, Акулина Романовна уонна Дмитрий Васильевич Дьячковскайдар, нэһилиэк дьокутааттара Сивцев Д.Д., Белолюбскай Г.С., бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Петрачук П.И., биирдиилээн дьонтон Климовский А.А., Старостин А.Г., Барабанская Р.Р., Рожина Е.В., Аммосова И.А. Хаһыатынан “Таба-Яна” (сал. Томский П.Е.) уонна В.М.Кладкин аатынан государственнай бириэмийэ 2017 сыллаах лауреатыгар Голикова А.Н. – 7-с нүөмэрдээх ыстаада биригэдьииригэр биирдии тугуту бириис быһыытынан туруорбуттарыгар махталбытын тиэрдэбит. Бука барыгытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолбуккутугар махтанан туран үлэҕит ситиһиилээх, түмүккүт таһаарыылаах, тус олоххут дьоллоох-соргулаах буоллун диэн алгыыбыт. 1 из 12

Силээннээххэ сааскы күнү көрсө сэргэх күннэр-дьыллар
© ЯСИА.RU