«Күн сардаҥата» ансаамбыл 20 сыла

Сунтаарга «Партизан» култуура киинигэр Кутана орто оскуолатын «Күн сардаҥата» ырыа-тойук, үҥкүү-битии оҕо образцовай фольклорнай ансаамбылын кэнсиэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Үҥкүү өттүгэр СӨ култуура үтүөлээх үлэһитэ Розалия Никифорова, ырыаҕа-тойукка Мария Афанасьева салайааччылардаах ансаамбыл быйыл төрүттэммитэ 20 сылын бэлиэтиир. Бу сыллар усталарыгар ансаамбыл төрөөбүт улууһун, өрөспүүбүлүкэтин ааһан аан дойду үгүс судаарыстыбаларыгар бэйэтин кустук араас өҥүнүү суһумнуу оонньуур талба талаанын көрдөрөн, аата-ахсаана биллибэт араас күрэстэр, ол иһигэр «Хотугу сулус» телевизионнай күрэс, «Северная радуга», «Хрустальная лира», «Салют талантов» норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттарынан, өрөспүүбүлүкэтээҕи үгэс буолбут үҥкүү күрэһин Гран-притын хаһаайынынан буолбуттара. Оҕолор сахалыы ырыаларын-тойуктарын, үҥкүүлэрин-битиилэрин көрө-истэ олорон, кутаналар урут-уруккуттан ырыа-тойук куттаахтарын өссө төгүл итэҕэйэҕин. Бу дьоро киэһэҕэ ансаамбыл билиҥҥи көлүөнэ оҕолорун сэргэ урукку састааптан Айсен Федоров, Лана Егорова, Туйаара Андреева, Маша Иванова кыттыылара кэнсиэри ситэрэн-хоторон биэрдэ. Хомойуох иһин, көрөөччүлэр кэнсиэртиир оҕолор ахсааннарын эрэ саҕа да буолларбыт, хата, кимнээҕэр астына-дуоһуйа көрдүбүт, махталбыт бэлиэтигэр ытыспыт тыаһа хабыллан олордо. Оҕолор барахсаттар биһигини, көрөөччүлэрин, кэрэ куоластарынан, бэртээхэй үҥкүүлэринэн ахсынньы аргыардаах тымныытыттан кэҕэ этэн чоргуйар самаан сайыныгар ыалдьыттаттылар. Саалаҕа күн сардаҥата чахчы чаҕылыйан олордо. Тэриллибитэ 20 сылын туолбут «Күн сардаҥата» кэллэктииби, салайааччыларын улууспут дьаһалтатын аатыттан Тамара Иванова, култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыга Мария Кобельянова, Сунтаардааҕы оҕо сайдар киинин дириэктэрин иитэр-үөрэтэр үлэҕэ солбуйааччы Айна Яковлева уонна методист Надежда Сидорова эҕэрдэлээтилэр. Кырдьык, бары кэрэ-истиҥ тылларын тиэрдээччилэр эппиттэрин курдук, «Күн сардаҥата» Кутана нэһилиэгин олохтоохторун барыларын киэн туттуута, киэргэлэ. Ансаамбыл ситиһиилэригэр ордук чуолаан оскуола дириэктэрэ Капитон Никифоров оҕолорун туһугар ахсаабат кыһамньыта көстөр. Ырыа-тойук, үҥкүү-битии куттаах оҕо уйаҥ, ыраас дууһалаах, бэрээдэктээх, үөрэҕэр ситиһиилээх, кэрэни кэрэхсиир буолара сэрэйиллэр. Оттон араас дьэрэкээн бэйэлээх таҥаһы-сабы булууга, тигиигэ төрөппүттэр оруолларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Дьэ, ити курдук, Кутана «Күн сардаҥата» ансаамбыл кыттыылаахтара чахчы даҕаны дьоллоох оҕо саас ойор-тэбэр үҥкүүлэрин көрдөрдүлэр, дорҕоонноох добун тойук туонатыгар, кылыһахтаах ырыа кырдалыгар сиэтэн илдьэ сырыттылар.

«Күн сардаҥата» ансаамбыл 20 сыла
© ЯСИА.RU