Сылы түмүктүүр дьоро күн
Сунтаарга тус анабыллаах сыллары биллэрэн, үлэ-хамнас барыта манна түмүллэн ыытыллара үтүө үгэскэ кубулуйда. Ону сэргэ, маннык тэринэн үлэлээһин балачча түмүктэрдээҕин көрдөрдө. Быйылгы ааһан эрэр сыл улууска Гражданскай көҕүлээһин сылынан биллэриллибитэ икки бүк сүүйүүлээх буолбутун баһылыкпыт Анатолий Григорьев бэлиэтиир. Ол курдук, СӨ Ил Дархан Егор Борисов Ыйааҕынан Нэһилиэнньэлээх пууннары тупсаран оҥоруу сыла ааһан эрэр. Онон бу икки сыл бэйэ-бэйэлэригэр дьүөрэлэһэллэр. Дьон олоҕо-дьаһаҕа, нэһилиэк тупсайаҕа барыта биллэн туран, дьон көхтөөх буолуутуттан тутулуктаах. Гражданскай көҕүлээһин сылыгар хас биирдии нэһилиэк, тэрилтэ сыал-сорук туруорунан былаан оҥостон үлэлээн элбэҕи ситистэ. Бырайыактар көмүскэнэннэр үп-харчы да киирдэ. Быйылгы сылга уопсастыбаннай түмсүүлэрбит араас бырайыактарын көмүскээн, үлэлииллэригэр, былааннара, толкуйдара олоххо киирэригэр харчыластылар. Бу нэдиэлэ саҕаланыыта Гражданскай көҕүлээһин сылын сабыы уонна аны кэлэр сыл улууспутугар тыа сирин үлэһит дьонун сыла биллэриллибитин аһыы үөрүүлээх чааһа тэрилиннэ. Манна СӨ Гражданскай уопсастыба институттарын сайдыытыгар миниистири солбуйааччы Савва Михайлов, СӨ Ил Түмэн эдэр ыччатын парламенын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Саха сирин норуоттарын ыччат ассамблеятын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Валентин Полынскай, Арассыыйа устудьуоннарын этэрээтин чилиэнэ Дмитрий Федоров ыалдьыттаатылар. Савва Михайлов биһиги улууспут маннык сылы биллэрэн, сүрдээх элбэх үлэни ыыппытын өрөспүүбүлүкэҕэ хайгыылларын, биһигиттэн үлэ үөрүйэҕэр үөрэнээччи элбэҕин эттэ. Биһиги Сунтаарбытын сэргэ маннык сылы Үөһээ Бүлүү уонна Өлүөхүмэ улуустара биллэрэн үлэлээбиттэр. «Кэлэр сылы Тыа сирин үлэһит дьонун сылынан биллэрбиккит эмиэ олус кэрэхсэбиллээх. Быйылгыгытын салгыыр курдук дьаһаммыккыт»,- диир миниистири солбуйааччы. Ааһан эрэр сылы сабыыга Савва Михайлов дьон көҕүн көтөҕөөччүлэргэ министиэристибэ үрдүкү наҕараадатын – «Гражданскай көҕүлээһин туйгуна» ааты Дьаархантан Раиса Андрееваҕа, муусука оскуолатын дириэктэригэр Алексей Степановка туттарда. Министиэристибэ Махтал суруктарынан «Татыйыына» фирма (салайааччы Нина Герасимова), Кириэстээх нэһилиэгин «Кустук» уопсастыбаннай түмсүүтэ (салайааччы Саргылаана Намылова), Тойбохой эдэр ыччатын «Үрдэл» (салайааччы Екатерина Сидорова) уопсастыбаннай түмсүүтэ, «Туску» түөлбэнэн бэйэни салайыныы түмсүүтэ (салайааччы Валентина Аммосова) уонна улууспут биир бастыҥ уопсастыбанньыга Надежда Тихонова наҕараадаланнылар. Оттон улуус баһылыга Анатолий Григорьев уопсастыбаннай миэстэлэргэ бэрээдэги көрүүгэ, нэһилиэккэ, улууска бэрээдэги кэһиини аҕыйатарга үтүө суобастаах үлэлэрин иһин СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын Махтал суругун Элгээйи нэһилиэгин “Щит” добровольнай норуот дружинатыгар (хамандыыр Надежда Яковлева) дохсун ытыс тыаһыгар арыаллатан туттарда. Маны сэргэ, быйылгы сылга араас өрүттээх үлэлэри ыыппыт полиция отдела, баһаарынай этэрээт баһылык Махтал суруктарын ыллылар. Итиэннэ бу сыл бастыҥ көҕүлээччилэригэр улуус Махтал суругун сэргэ анал бэлиэлэр туттарылыннылар. Наҕараадаламмыттары улууспут ырыаһыттара Кириэстээхтэн эбэлэр түмсүүлэрэ, Юрий Спиридонов-Сиэн Тиитэп, Степан Кардашевскай, Анна Тотонова, Анастасия, Иван Ивановтар дьикти кэрэ куоластарынан ыллаан эҕэрдэлээтилэр. Улуус дьаһалтата бу сыл чэрчитинэн бары нэһилиэктэргэ ыытыллыбыт үлэлэри түмэн бэртээхэй сурунаал таһаарбыттарын кэлбит ыалдьыт барыта бэлэх тутан астынна. 1 из 26