Белай Гора олохтоохторо эмп-томп суоҕар үҥсэргээбэттэр
Аптекалар үгүстүк туттуллар, удамыр сыаналаах эминэн-томунан хааччыллыылара — чуолаан хотугу улуустар олохтоохторугар тыын суолталаах боппуруоc. Сыллата РФ бырабыыталыстыбата булгуччулаах сүрүн эмтэр испииһэктэрин бигэргэтэр. Ити, бастатан туран, нэһилиэнньэни наадалаах эминэн-томунан толору хааччыйар инниттэн оҥоһуллар. Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова соторутааҕыта Абый улууһун Белай Гора сэлиэнньэтин аптекатыгар сылдьан хайдах дьаһанан, көрүнэн олороллорун билсибитин туһунан edersaas.ru сурулунна. Эмтиэкэ (аптека) дириэктэрэ Светлана Литвинова эппитинэн, эмп-томп суоҕар олохтоохтортон үҥсүү киирбэт эбит. Эмп арааһа элбэх, нэһилиэнньэ чэпчэтиинэн туһанар араҥатыгар анаммыт эмтэр эмиэ бааллар. Галина Данчикова дьон бастатан ханнык эми атыылаһарын, кэнники кэмҥэ сыана төһө үрдээбитин ыйыталаста. Эмкэ-томко дойдуга оҥоһуллар тыын суолталаах препараттар өлүүлэрэ төһөтүн, итиэннэ киинтэн тэйиччи сытар, мөлтөх суоллаах-иистээх хотугу улууска эми тиэрдии туругун туоһуласта. Кэлиҥҥи икки сылга сүрүн суолталаах эмп-томп испииһэгэ кэҥэтилиннэ. Онно 96 эмп киирдэ. РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир экспертэр хамыыһыйаларыгар 46 тэрилтэ баар. Ол кырдьыктаах, наукаҕа олоҕурбут быһаарыылар ылыныллыыларын мэктиэлиир диэн буолар. Арассыыйаҕа фармацевтиканы сайыннарыынан, бэйэ эмин-томун оҥорон таһаарыы үрдүүр. Ол курдук, 2015 сылга дойдуга оҥоһуллубут эмп өлүүтэ 72 бырыһыаны ылар эбит буоллаҕына, 2016 сылга ити көрдөрүү 76,8 бырыһыаҥҥа тэҥнэспит. РФ вице-премьерэ Ольга Голодец иһитиннэрбитинэн, 2017 сылга сүрүн эмп-томп испииһэгэ сылга биирдэ буолбакка, саҥа препараттар тахсыыларынан бигэргэнэн иһиэҕэ. Маны сэргэ Ольга Голодец искэн ыарыытыгар уонна сорох сэдэх ыарыыларга туттуллар саҥа эмтэр атыыга тахсаллара күүтүллэрин эттэ. Билигин олор анал боруобалааһыны ааһан, киэҥник туттулларга бэлэмнэр үһү.