Сунтаарга түөлбэлэр чөл олоҕу өйүүллэр

Соторутааҕта «Ыччат дьиэтигэр Тумуһукаан, Хомустаах түөлбэлэрин олохтоохторун сүбэ мунньаҕа буолла. Онно барыта 50-тан тахса киһи көхтөөхтүк кытынна. Бэбиэскэҕэ биир эрэ боппуруос турда. Ити түөлбэлэргэ арыгыны атыылыыр маҕаһыыннар сиэрэ суох элбээтилэр. Бу соторутааҕыта Тумуһукааҥҥа арыгыны эрэ атыылыыр саҥа алкомаркет аһылынна. Саатар олор сүрүннээн федеральнай суол кытыытыгар тураллар. Олорго массыына тохтуур анал сирдэрэ (автостоянка) суох буолан, тиэхиньикэ, сатыы дьон сылдьарыгар күчүмэҕэйдэри үөскэтэллэр. Ол эрэ буолуо дуо, итирик, холуочук дьон кэлэр-барар дьонтон харчы көрдүүр. Кыһынын илиилэрин да көтөҕүөхтэрин сөп. Дьэ, итини хайдах гынан бопсобут, арыгы маҕаһыынын аҕыйатабыт диэн боппуруос тула сүбэлэстилэр. Бу тэрээһини бэйэтэ сүүрэн-көтөн улуус дьокутаата Мария Кобельянова тэрийдэ. Мунньахха бэрэстэбиитэллээх уоргантан Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Валерий Макаров, РФ ИДьМ Сунтаардааҕы отделыттан Виктор Семенов, Степан Кардашевскай, Константин Жирков, полиция уопсастыбаннай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Альбина Прокопьева, улуус дьокутааттара Мария Кобельянова, Александр Михайлов, Феликс Павлов, Сунтаар нэһилиэгин дьокутааттара Денис Егоров, Гелена Иванова, Илья Собакин, Жанна Макарова, Алексей Андреев, Ньургун Афанасьев уонна бу икки түөлбэ олохтоохторо кытыннылар. Мунньах кыттыылаахтарын ордук биир маннык түгэн сонньутар. Ол, ити эргин баар биир км сиргэ 7 арыгы маҕаһыына баара. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ чөл олоҕу тутуһарын туһугарүгүс өрүттээх үлэ ыытылларын барфы бэркэ билэҕит. Аан бастаан Сахабыт сиригэр арыгыны атыылыыр бириэмэни хааччахтаабыттара. Ол курдук, билигин итирдэр утахтары күнүс 2 чаастан киэһэ 8 чааска диэри атыылыыллар. Ити үрдүнэн арыгылааһыҥҥа кыһалҕа үгүс. Тустаах миэрэлэри ылынар кэм уолдьаста. Билигин баар балаһыанньа быһыытынан арыгыны атыылыыр маҕаһыын социальнай эбийиэктэртэн, о.э. оскуолаттан, оҕо саадыттан 200 миэтэрэ тэйиччи турар буолуохтаах. Ону мустубут дьон ситэтэ суоҕунан аахтылар. Итинтэн сылтаан Тумуһукаан уонна Хомустаах түөлбэлэригэр маннык балаһыанньа үөскээтэ. Манна чугаһынан оскуола да, оҕо саада да суохтар. Итини туһанан үгүөрү харчыга ымсыы дьон саҥаттан саҥа маҕаһыыны аһаллар. Мунньахха бэйэлэрин санааларын Константин Рожин, Надежда Родионова, Валентина Сидорова, Анна Саввинова о.д.а. эттилэр. Полиция үлэһиттэрэ арыгыны уоран атыылыыр дьоҥҥо туох миэрэни ылалларын билиһиннэрдилэр. Билигин харатыттан харбаппыт киһи ыстараап быһыытынан 500 солк. эрэ төлүүр. Бу олох кыра. Кинилэр биир иһит арыгыны 600-700 солк. атыылыыллар. Ону тохтоторго атыылыыр дьону харыларыттан харбыахха наада. Онно олохтоохтор сайабылыанньалара наада эбит. Полиция үлэһиттэрэ бэйэлэрин санааларыттан баран ыстарааптыыр бырааптара суох. Бэйэлэрэ киһи быраабын кэһии миэрэтигэр тардыллыахтарын сөп. Мунньахха үгүс санаа этилиннэ. Сорохтор арыгыны атыылыыры отойун да бобуохха дииллэр. Атыттар арыгы маҕаһыынын аҕыйатыахха диэн санаалаахтар. Мунньах салайааччыта Мария Кобельянова сүбэлэһэн баран, бу кэлэр сайын эбэтэр күһүн Сунтаар нэһилиэгин олохтоохторун ортотугар уопсастыбаннай истиини тэрийиэх баара диэн санаатын эттэ. Оччоҕо үөскээбит балаһыанньа сөптөөхтүк быһаарыллыа этэ. Үүнэн эрэр көлүөнэ итирик дьону куруук көрөр буоллаҕына, маннык буолуохтааҕын курдук үөрэнэн хаалар. Саатар билигин араас үбүлүөйдэр, бырааһынньыктар, сыбаайбалар арыгыта суох барбаттар. Онно мааны таҥастаах дьон хас да дьааһык арыгыны ылалларын көрө-билэ сылдьаллар. Ол иһин хас биирдии эдэр ыал оҕотун кыра сааһыттан арыгы буортутун туһунан өйдөтө сатыахтаах. Түмүгэр сүбэ мунньах кыттыылаахтара арыгы маҕаһыына социальнай эбийиэктэртэн 300 м тэйиччи баар буолуохтаах диэн сурукка илиилэрин баттаатылар. Бу сурук Сунтаар нэһилиэгин дьокутааттарын көрүүтүгэр сиэссийэҕэ киириэҕэ. Ылынар түгэннэригэр үгүс арыгы маҕаһыына сабыллыаҕа.

Сунтаарга түөлбэлэр чөл олоҕу өйүүллэр
© ЯСИА.RU